Иван
Николаевич
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ
История солдата
Винокуров Иван Николаевич үлэ тыыл ветерана. Кини 1919сыллаахха Бастакы Хаҥалас сиригэр,,Күрэйэх, , диэн сиргэ 3оҕоннон төрөөбүтэ.1932 сыллаахха,,Илимниир,,ситэтэ суох Орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн төрөөбүт холкуоһугар үлэлээбитэ.1941 сыллаахха сэрии саҕаланыыта кинини түүлээхситинэн ылбыттара. Ол сылларга бултаабыт түүлээхтэрин барытын фронт туһатыгар ыыталлара. Мин аҕам Иван Ник ч элбэх түүлээҕи бултаан 1944 сыллаахха бастыҥ Стахановец булчута аатын ылан үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта.Бу саамай үрдүк наҕараада бастакыннан киниэхэ анаммыта.1947 сыллаахха Сталин кыһыл көмүс мэтээлинэн, Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин наҕараадаллыммыта.Сэрии кэнниттэн холкуоска өр сылларга счетоводунан кэлин пенсияҕа тахсан баран Колымторг эргиэн үлэтигэр үлэлээбитэ.Үлэлиирин устата элбэх грамоталарынан. мэтэлээриннэн наҕараадалламмыта.
Воспоминания
Мин аҕам Винокуров Иван Николаевич үлэ тыыл ветерана. Кини 1919сыллаахха Бастакы Хаҥалас сиригэр,,Күрэйэх, , диэн сиргэ 3оҕоннон төрөөбүтэ.1932 сыллаахха,,Илимниир,,ситэтэ суох Орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн төрөөбүт холкуоһугар үлэлээбитэ.1941 сыллаахха сэрии саҕаланыыта кинини түүлээхситинэн ылбыттара. Ол сылларга бултаабыт түүлээхтэрин барытын фронт туһатыгар ыыталлара. Мин аҕам Иван Ник ч элбэх түүлээҕи бултаан 1944 сыллаахха бастыҥ Стахановец булчута аатын ылан үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта.Бу саамай үрдүк наҕараада бастакыннан киниэхэ анаммыта.1947 сыллаахха Сталин кыһыл көмүс мэтээлинэн, Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин наҕараадаллыммыта.Сэрии кэнниттэн холкуоска өр сылларга счетоводунан кэлин пенсияҕа тахсан баран Колымторг эргиэн үлэтигэр үлэлээбитэ.Үлэлиирин устата элбэх грамоталарынан. мэтэлээриннэн наҕараадалламмыта.
Мин ийэм Винокурова Мария Спиридоновна үлэ тыыл ветерана.Кини 1926 сыллаахха Бастакы Хаҥалас Илимниир диэн сиргэ 2 оҕоннон төрөөбүтэ.Илимниир ситэтэ суох Орто оскуолатыгар ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэр сылларыгар 1941сыллаахха 14 саастааҕар сэрии саҕаланар. Ийэм кэпсииринэн ол саҕанааҕы оҕо сэрии кэмнэригэр ыанньыксыт ыар үлэтигэр үлэлиир аччык кыһалҕалаакэмнэр этэ диирэ халлааммыт кытта хараҥа курдуга диэн кэпсиирэ ол туоһутунан көмүс мэтээ үлэ тыыл ветерана Сталин кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Ийэлээх аҕам 1948 сыллаахха Өлөөкө күөл бөһүөлэгэр ыал буолбуттара.Биһиги бииргэ төрөөбүт 5 этибит.Бастакы. оҕоннон Винокурова Дария.Ивановна күн сирин көрбүтэ.Кини 1976сыллаахха ЯГУ ветеренарнай врач үөрэҕин бүтэртэ.Иккис кыыс Винокурова Александра Ивановна.кассир продавец үөрэҕин бүтэртэ билигин кини уола Винокуров Александр Семенович врач стамотолог идэтин баһылаан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.Винокуров Анатолий Иванович тракторист механизатор идэлээх этэ.Винокуров Иван Иванович строитель 3оҕолоох куоракка олорор.Мин киномеханик идэлээхпин 4 оҕолоохпун 3 сиэннээхпин.
Биһиги дьоллоох оҕо сааспыт дойдубутугар Өлөөкөҕө ааспыта иллээхтик олорбуппут.Дьоммут үлэ үөһүгэр сылдьаллара. Сүөһү ииттэн от оттоон бултанан.Ийэм пенсияҕа тахсыар дылы оскуолаҕа уборщицаннан үлэлээбитэ.Элбэх оҕо ийэтэ диэн мэтэллээх этэ.