Александр
Васильевич
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ
История солдата
Шарин Александр Васильевич родился в 1902 году в Доллунском наслеге Мегинского улуса. Был членом колхоза "Энгельс". До войны несколько раз участвовал на грузоперевозках колхозников до Аллах Юня. Работал председателем правления колхоза. В армию призван 21 августа 1942 года Чурапчинским объединенным районным военным комиссариатом. На фронт попал 25 января 1943 года. Участвовал в наступлениях в Смоленской области, обороне Ленинграда. Умер 26 июля 1943 года в эвакогоспитале, похоронен в Москве на Востряковском кладбище в братской могиле.
Боевой путь
Воспоминания
Шарин А.В. кыыһа Ефремова Тамара Александровна, үлэ бэтэрээнэ, 2-с Наахара нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.
Мин аҕам Шарин Александр Васильевич Мэҥэ Хаҥалас улууһун Доллу нэһилиэгэр 1902 сыллаахха төрөөбүт. Энгельс аатынан колхоз чилиэнэ этэ. Сэриигэ барыар дылы, эрдэ ыҥырыллан барбыт быраата Шарин Иван Васильевиһы солбуйан, Бэрдьигэстээххэ колхоз бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьыбыт. 1942 сыл атырдьах ыйын 21 күнүгэр Чурапчытааҕы холбоһуктаах оройуоннай байыаннай комиссариат ыҥырыытынан сэриигэ барбыт. Суругуттан көрдөххө, Мальтаттан (Иркутскай уобалас) 1943 сыл тохсунньу 10 күнүгэр туран баран, арҕаа тохсунньу 25 күнүгэр тиийбит, Смоленскай уобаласка кимэн киириигэ сылдьыбыт, муус устарга оборонаҕа сытан ыалдьан, госпитальга киирбит. 1943 сыл от ыйын 26 күнүгэр эвакогоспитальга сэллик ыарыыттан өлбүт. Москваҕа Востряков кылабыыһатыгар көмүллүбүт. Ийэм Прасковья Евсеевна үс оҕолоох ыарыһах дьахтар хаалан баран, ыалдьан өлбүт. Биһиги, убайым Шарин Ким Александрович уонна эдьиийим Шарина Лидия Александровна, кыһынын интернатка, сайынын пионерскай лааҕырга уонна аймахтарбытынан сылдьан үөрэммиппит, үһүөн үс аҥы улааппыппыт. Ийэбит кыра эрдэхпитинэ өлөн, аҕабыт туһунан суолталааҕы билбэппит. Убайым, эдьиийим өйдүүллэринэн, аҕабыт сүрдээх дьээбэлээх, бэтиэхэлээх киһи эбитэ үһү.
Ааллаах Үүҥҥэ сылдьыбытын туһунан дьиҥнээхтик билбэппин, ол гынан баран, элбэх эр дьону кытта истээх таҥастаах олорон түспүт хаартыскалара баар этэ, ону убайым “Бу аҕабыт аах ыраах айаҥҥа бараары олорон түспүттэр” диирин өйдүүбүн. Оннук тэрээһиннээхтик элбэх эр киһи, сэрэйдэххэ, таһаҕас тиэрдэ Ааллаах Үүҥҥэ айанныыллара буолуо. Уонна үрүҥ көмүс ньуоскалар бааллара, ону убайым аҕабыт ыраах айантан аҕалбыт диирэ.
Аҕам, эһээбит Шарин А.В. олоҕун салҕыыр элбэх сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх. Оҕолор Москваҕа сырыттахтарына эһээлэрин кэриэстээн, уҥуоҕар сибэкки дьөрбөтүн уураллар. Востряков кылабыыһатыгар бырааттыы көмүллүбүт советскай буойуннар уҥуохтара үчүгэйдик хараллан сытарыттан астынабыт.