Кузьмин Кузьма Николаевич
Кузьмин
Кузьма
Николаевич
Стрелок
10.04.1924 - 18.09.2017

История солдата

   Ветеран ВОВ, ветеран МВД

Родился в 1924  году в 1 Эргисском наслеге Западно-Кангаласского улуса в зажиточной семье Кузьмина Николая Егоровича и его жены Соломоновой Дарьи Соломоновны. В 1929 г. Дарья после родов второго сына Пети умерла, а в 1937 г. от болезни умер Николай. Рано лишившись родителей Кузьма и его брат Петр были воспитаны в отдельных семьях. Окончил 4 класса школы и работал в колхозе Сталин. Проходил курсы трактористов, по окончании работал в колхозе трактористом на тракторе ХТЗ. В 1943 г. пришла повестка но по состоянию здоровья был признан не годным, через год прошел операцию и до следующей повестки в армию работал. В 1945 году призван в ряды действующей армии,  воевал  стрелком в составе 80 мотострелкового  полка, против японских милитаристов.  Их полк перешел пешком гору Хинган, в пустыне без воды солдаты каждый день проходили 70 км.  Прошли войной через города Чанчунь, Мукден, Харбин. В Харбине взяли в плен много японских солдатов. Осенью 1946г. вернулись в г. Чита, служил в сопровождении  в стрельковом батальоне, они сопровождали вагоны поездов с военными орудиями. Так служил до мая месяца 1951 года. 1951 г. вернулся на родину, в 2005 г.  переехал в Чурапчинском улусе с. Чурапча. Кузьмин Кузьма Николаевич ушел из жизни 18 сентября 2017 г. на 93-м году жизни

Награды Кузьмина Кузьмы Николаевича

Орден Отечественной войны II степени от 11 марта 1985 г.

Медаль За победу над Японией от 30 сентября 1945 г., вручена 3 сентября 1947 г.

Юбилейная медаль XXX лет Советской Армии и Флота от 22 февраля 1948 г. 

Юбилейная медаль «Двадцать лет Победы в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.» от 7 мая 1965 г., вручена 1 мая 1968 г.

Юбилейная медаль «Тридцать лет Победы в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.» от 25 апреля 1975 г., вручена 20 февраля 1976 г. 

Юбилейная медаль «Сорок лет Победы в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.» от 12 апреля 1985 г., вручена 9 мая 1985 г.

Юбилейная медаль «50 лет Победы в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.» от 22 марта 1995 г.

Юбилейная медаль «60 лет Победы в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.» от 28 февраля 2004 г., вручена 30 апреля 2005 г.

Юбилейная медаль «65 лет Победы в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.» от 4 марта 2009 г., вручена 11 февраля 2010 г.

Юбилейная медаль «70 лет Победы в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.» от 21 декабря 2013 г., вручена 18 марта 2015 г.

Знак "50 лет Победы"

Знак "Знак почета ветеранов МВД" от 17 апреля 2014 г.

Медаль За 10 лет Безупречной Службы МВД СССР от 1 октября 1958 г.

Медаль За 15 лет Безупречной Службы МВД РСФСР

Юбилейная медаль Жукова от 19 февраля 1996 г.

Памятная медаль «50 лет космонавтике»

Медаль ветеран МВД 

Медаль Ветеран труда от 27 мая 1985 г.

Медаль 60 лет Победы 1945-2005. Участнику Великой Отечественной Войны. Республика Саха (Якутия)

Медаль 65 лет Победы 1945-2010. Участнику Великой Отечественной Войны. Республика Саха (Якутия)

Медаль 70 лет Победы 1945-2015.  Участнику Великой Отечественной Войны. Республика Саха (Якутия)

Юбилейный медаль 70 лет Вооруженных сил СССР от 28 января 1988 г., вручена 9 ноября 1988 г.

Знак 25 лет Победы в Великой Отечественной Войне

Знак Фронтовик 1941-1945

Памятная медаль 50 лет Космонавтики

Знак Ветеран Великой Отечественной войны 1941-1945 гг. Олекминского улуса

Знак Почетный гражданин Чурапчинского улуса от !ҥ апреля 2015 г.

Юбилейный знак 75 лет образования Чурапчинского улуса 

Нагрудный знак За Заслуги Перед Районом lll степени от 7 мая 2014 г.

Регион Республика Саха (Якутия)
Населенный пункт: Якутск
Воинская специальность Стрелок
Место рождения 1 Эргисский наслег Западно-Кангаласском улуса
Годы службы 1945 1951
Дата рождения 10.04.1924
Дата смерти 18.09.2017

Воспоминания

Кузьмин К. Н. олоҕун кэрчиктэрин, күтүөтэ Захаров Дмитрий Еремеевич суруйбутунан

1924 сыллаахха Арҕаа Хаҥалас улууһугар муус устар 10 күнүгэр төрөөбүтэ. Эргис нэһилиэгэр Дьараҥа диэн сиргэ төрөөбүтэ. Үрэх баһа сир эбит. Аҕам Кузьмин Николай Егорович, ийэм Кузьмина Дарья Соломоновна . Аҕам Николай Егорович оҕо сылдьан Бодойбоҕо (Куорат, Иркутскай уобалас Бодойбо оройуонун киинэ)аҕатын кытта Дьараҥаттан барсыбыт. Аҕата онно үлэлии сылдьан өлбүт, кини оннугар аҕам хамнас ылар этэ эбит, киһи ахсаанынан хамнас биэрэллэр эбит.
Аҕам Николай Егорович оҕоттон улаханнара, онтон Семен, үһүс уол Уйбаанчык икки хараҕа суох буолбут, онтон Бүөтүкэ – Альбина аҕата. Сеня, Володя өлбүттэр, Вася баар. Степан оҕото суох, Уйбаанчык эмиэ оҕото суох. Тамара Өлүөнүөккэ олорор, биир кыыс Төҥүлүгэ баар.
Мин бииргэ төрөөбүт быраатым Петя Үөһээ Бэстээххэ олорбута, биир кыстаах этэ, өлбүтэ.
Ийэм Дарья Соломоновна Соломонова бииргэ төрөөбүттэрэ Соломон Соломонович, Валентина ийэтэ Мария Соломоновна. Кахар уонна Соломон диэн кыра уолаттар бааллара өлбүттэр. Улаатан баран Соломуонтан Лука, Ваня, 1 уол уонна Лида диэн кыыс бааллар. Лука Соломонович Өктөм СПТУ директэр, Туймаада Лизинг начальник, билигин Өктөмҥө дьаһылта баһылыга.
1924 с. Дьараҥаҕа бандьыттар тобохторүн эккирэтэн кыһыллар кэлбиттэр, ытыалаһыы буолбут. Мин төрөөбүтүм 3 хонуктаах эбиппин. Ыаллар бары көһөн баран хаалбыттар, аҕам көһөөрү оҕуһун тута оттоох иибитигэр тиийбитэ, сыарҕалаах ат кыбыы кэннигэр турарын көрбүт, онтон кыһыллар кэлэн тутан ылбыттар уонна штабтарыгар Кузьмин Давид дьиэтигэр илдьибиттэр. Ол кэмҥэ Максимов Петр кыһыллар разведчиктэрэ кэлэн балаҕаҥҥа оһох оттон барбыт. Ол балаҕаҥҥа хараҕа суох Уйбааскы баар эбит. Штабка тиийэн Максимов Петр мэктиэлээн аҕабын нэһиилэ баттаһан босхоломмут. Командирдара нучча эбит кыһылларга. Максимов Хаҥыл Бүөккэ диэн ааттанар (билигин уолаттара Мишка, Валерий, Алеша бааллар). Строд этэрээтигэр сылдьыһан Саһыл Сыһыыга оборонаҕа сыппыт.
1924 сыллаахха чыкааларга разведчигынан сылдьан түбэһэн аҕабын өлүүттэн быһаабыт эбит.
Эһээм Соломонов Соломон Иванович Муораҕа (бу күөл аата, дьиҥнээх аата Моро, нуччалы иэҕиллээн муора диэн буолан хаалбыт) 15км. сиргэ олорбут.
Ийэм Дарья мин 5 састаахпар Петяны төрөтөн баран сыыстаран өлбүт. Эбээтэ улаатыннарбыт уолаттары. 1932 с. Иккистээн кэргэн ылар. Васильев Гаврил Семенович эдьиийин, 1937 c. саас аҕам бэйэтэ ыалдьан өлбүтэ. Күһүн мааччаха ийэм Семенов Николай диэн Бэстээх Маалтанытыгар эргэ барар. Ол сыл 1937 с. Нөмүгүгэ 1 кылааска киирэр, онтон Булгунньахтаахха . 1 кылааһы бүтэрэн, нь-дь кылааһы ll Мааптааныга бүтэрэр. 4 -с кылааска үөрэнэ сылдьан муораҕа эһээбэр күрээн бардым. Онтон кэлэн ll Мааптаныттан аннын тутан барбытым, 1 ынаҕы, 1 көлүүр оҕуһу, 1 биэни өлөрөн маачихалар сиэбиттэрэ. Биэни өлөрөр көҥүлэммэт эбит, ону сыҥааҕын тосту охсоннор сэбиэт сииргэ көҥүл биэрбит.
Ол Семенов Николай сэриигэ баран өлбүтэ, маачаха ийэм Васильева Ирина Семеновна кэлин Хатаска олорон өлбүтэ кырдьан.
Аҕам өлүөр диэри колкозка киирбэтэх, ыарыһах эбит, сүөһү өлүүтүн биэрбит. 1 үөр сылгылаах, элбэх ынах сүөһүлээх эбит. Онтон 3 уолугар өлүүлээн биэрбит. Миэхэ опекун Бүөтүкэ, бырааппар Степан буолбуттар, эбээлээх эһээбэр олорбутум. Эбээм үөрэттэрээри гыммыта,ону эһээм буолбатаҕа. Сөптөөх үөрэхтээх, үөрэхтэннэҕинэ Дьокуускайга баран хаалыа, биһиэхэ туһалыа суоҕа, Булка үөрэттэ.
1940 сыллаахха Сталин колкозка Эргискэ үлэҕэ ыҥырбыттара. 1943 сыллаахха повестка кэлэн, көрдөрбүтүм. Истэһэҕэс буолан армияҕа ылбаппыт диэтилэр. Колкоз Өктөмҥө тракториска үөрэттэрэ ыытта. Кыһын устата үөрэнэн ХТ3 тракторга тракторист буоллум. 1945 с. саас колкозпар ыытаннар сменщик буоллум, сир хорууттубут. Стериҕайын Яковлев, Күскээһэх диэн хос аттаах.
1944 с. истэһэҕэһиин операциялаабыттара. Ол үлэлии сырыттахпына повестка кэлбитэ. Эһэлээхпэр 1 хонон баран армияҕа бардым. Кыайыы буолбутун кэннэ. Борохуорунан Москва айаннаан Осетровоҕа тиийдибит, оннон масыынанан айаннаан Зайарскай куоракка тиийдибит. Онтон Иркутскайга тиийдибит Мальтаҕа карантиҥҥа сыттыбы. Онтон Монголияҕа тиийэн бирисээҕэ биэрдибит. 80-с стрелковай полкаҕа 57-с стрелковай дивизияҕа киирдим. Сэриигэ атырдьах ыйын 9 к. балаҕан ыйын 3 к. диэри сэриигэ сырыттым. Кумах куйаары туораан Хинган хайатын туораан бардыбыт. Күҥҥэ 70 км. барарбыт. Иһэр уу суох, холуодьастар дьааттанан көмүллэн сыталлар. Хайа аннараа өттүгэр сэрии саҕаламмыта. Самолеттар буомбалаабыттара, артиллерия, танка кэнниттэн кимэн киирбиппит. Улахан утарсыы суох. Чанчунь куораты ылыыга, кэлин Мукден, Харбин куораттарга сылдьыбыта. Харбиҥҥа билиэннэй дьоппуон саллааттарын, уонна байыаннай ыскылааптары манааһыҥҥа сылдьыбыта 1946 с. күһүн Читаҕа аҕалбыттара. 56-с туспа стрелковай батальоҥҥа – сопровождениен сылдьыбытым. Тимир суолунан байыаннай таһаҕастаах вагоннары арыаллааһыҥҥа 5 сыл сылдьыбытым. Белорусияҕа, Москваҕа У-дэ, Россия бары куораттарыгар, Илин Владивостокка диэри айаннааһын этэ. Сухой паек биэрэллэр, ас аҕыйах буолара. 1950 с. Уоппускаҕа кэлэн Өктөмҥө 3 хоммутум, эһээбэр муораҕа олорбутум. 1951 c. ыам ыйыгар демобилизацияланан кэлбитим. Борохуотунан кэлэн иһэн Өлүөхүмэ куорат борохуот тохтообутугар Максимов Бүөтүрү көрө биэрдим, ат уулата турар этэ. Кини ыҥыран куораты көрдөрдө хаалларбыта. Өлүөхүмэ куоратка хаалан үлэлиир буоллум. Максимовтарга олордум, окко көмөлөстүм. Күһүн почтаҕа почтальонунан киирдим.
1951 c. Килясова Варвара Афанасьевнаны кэргэн ыллым. Онтон квартираҕа наадайан түрмэҕэ надзирателынан киирдим. 1952 c. Зина төрүүр, 1954 c. Октябрина, 1956 с. Коля, 1957 с. Петя, 1960 с. Клава төрөөбүттэрэ. 1956 с.саҥа тутан ситэ илигинэн киирбиппит, онно тымныйан Коля ыалдьан өлбүтэ. 1963 с. Түрмэттэн ууратан МТС-ка АТП-га электростанцияҕа кочегарынан 2 с., онтон эмиэ СХТ кэлэн суопардаабытым пенсияҕа тахсыахпар диэри 1955 сылга.
Пенсияҕа тахсан баран наар холтууранан, ТОР ПО – ҕа хачыгаарынан үлэлээбитим.
Клава уола Владик армияҕа барарыгар ветераннарга толору хаачыппыылаах квартира мас дьиэттэн биэрбиттэрэ.

Награды

Награды Кузьмина Кузьмы Николаевича

Награды Кузьмина Кузьмы Николаевича

Фотографии

Кузьмин Кузьма Николаевич, снимок 2014г.

Кузьмин Кузьма Николаевич, снимок 2014г.

Кузьмин Кузьма Николаевич вместе с женой Килясовой Варварой Афанасьевной

Кузьмин Кузьма Николаевич вместе с женой Килясовой Варварой Афанасьевной

Следователи Якутии поздравляют Кузьму Николаевича с Днем Победы  в 2017 году

Следователи Якутии поздравляют Кузьму Николаевича с Днем Победы в 2017 году

Кузьмин Кузьма Николаевич в 2017 г.

Кузьмин Кузьма Николаевич в 2017 г.

Кузьмин Кузьма Николаевич с однополчанами во время ВОВ

Кузьмин Кузьма Николаевич с однополчанами во время ВОВ

Кузьмин Кузьма Николаевич в 2011г.

Кузьмин Кузьма Николаевич в 2011г.

Соломоны 1

Соломоны 1

Соломоновы 2

Соломоновы 2

После войны

После демобилизации в 1951 г. отправляясь в свою родину остался жить в Олекминске, там в тот же год женился на Килясовой Варваре Афанасьевне. У них родились пятеро детей, один из них еще в младенчестве умер .  Работал в тюрьме надзирателем, 1963 г. работал кочегаром в электростанции МТС АТП, после до выхода в пенсию работал водителем СХТ. В 2005 г. старшая дочь Зинаида забрала его с собой в Чурапчы чтоб ухаживать за  ним в его преклонном возрасте.

Семья солдата

Варвара
Килясова Варвара Афанасьевна

Килясова Варвара Афанасьевна родилась в Олекминском районе, во время войны Килясовы жили в поселке Дабан. Бытовые условия были чрезвычайно тяжелыми, часто голодали. По ее рассказу: один ребенок из-за голода сосал корову, узнав про это, председатель колхоза повесил ребенка верх ногами, чуть не умер, освободил подоспевший солдат. Варвара Афанасьевна работала скотницей, дояркой в колхозе. В 1951 г. вышла замуж за Кузьмин Кузьма Николаевича, у них родились пятеро детей. Награждена медалью “За доблестный труд в годы Великой Отечественной войны 1941-1945гг.” в 1948 году.

Автор страницы солдата

История солдата внесена в регионы: