Петр
Дмитриевич
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ
История солдата
Хос эһээм Колесов Петр Дмитриевич ахтыыта
Сэриигэ кыттыым
Мин 8 сыл оскуолаҕа үөрэнэн 7 кылааһы Бэрдьигэстээххэ 1944 сыллаахха бүтэрбитим. 1944 сыллаахха Бэрдьигэстээхтэн бэс ыйыгар армияҕа барбытым, убайым Василий 1943 сылга ыҥырыллыбыта. 50-чэ киһи сатыы Дьокуускайга киирбиппит. Дьокуускайтан Москва борохуотунан 6 суукка айаннаан, өрүс баһыгар 1500 киһи тиийбиппит. Автомассыынаны, борохуоту аан маҥнай көрөн, сөҕүү-махтайыы бөҕө. Өрүс баһыттан Өлүөхүмэттэн Братскайга массыынанан, онтон Ангара өрүскэ борохуотунан, онтон салҕыы Читаҕа тиийбиппит. Читаҕа аҕыйах ый сулууспалаан баран, илин Япония кыраныыссатыттан 7км. Даурия диэн кыра байыаннай куоракка 49-с стрелковай полка 2-с ротатыгар рядовойунан сулууспалаабытым. Биһиги таспытыгар 44-с полка тимир суол уҥуор баара. Хоту өттүбүтүгэр “голубой” дивизия баара. Полка командира стройдаан баран: ”Приказ по военному городку Даурия” -диэн баран элбэх баҕайы сыыпаралары ааҕарын аахайбат этибит. Арай биһиги полкабыт 49-һун, ротам иккиһин эрэ өйдүүбун. Нууччалыы да мөлтөхтук билэрим, наадабын нэһиилэ балкыһан кэпсэтэрим. Усулуобуойа да мөлтөҕө. 600 грамм хара килиэп, хаппыыста уута миин, быыкаа курууппа хааһы биэрэллэрэ. Хам аччык, настарыанньата суох сылдьарбыт, эргэ таҥастаах, сороҕо кыра алдьаммыт буолара. Бу кэриэтин сэриигэ барбыт киһи диэн кэпсэтэрбит, саныырбыт. 1944 сыллаахха мөлтөх доруобуйалааҕы, өйүнэн да мөлтөҕү ылаллара.
1945 сыл ыам ыйыгар Кыайыы бырааһынньыга, үөруү-көтүү буолбута.Ол эрээри командирдарбыт Гитлер куомуннааҕа Японияны сэриилээн,Кытай норуоун босхолоотохпутуна сатанаар,биһигини утары биир мөлуйуөннээх Квантунскай армия сэрииннэн киирээри сөптөөх түгэни кэтэһэ сытар,сэриилэһэргэ тиийиэхпит диэн үөрэтэллэр.
Атырдьах ыйын саҥатыттан биһиги кыраныыссаны кыйа хоту хас да күн сатыы барбыппыт. Биир кун өрөтөн ас бөҕөнү, арыылах концентратынан тото аһаталлар, хааһылара да үчүгэйин, минньигэһин. Парадтаабыппытыгар духовой оркестр оонньообута. 36-с армия Забалькайскай фронун командующайа Малиновскай аһаҕас массыына үрдүгэр туран тыл эппитэ. Арҕааттан орден мэтээл бөҕөлөөх саллааттар, офицердар байыаннай чаас аайы кэллилэр. Тимир суолунан араас сэрии сэбэ, тааҥка эҥин тиэллэн кэл да кэл буолар этэ. 1945 сыл атырдьах ыйын 9 күнүгэр түүн кыраныыссаҕа олох ыга кэллибит, табах таттарбаттар, массыыналар уота суох айанныыллар. Сарсыарда 4 чаас чугаһыгар аһаттылар, 50-нуу грамм испиир түҥэттилэр. Бирикээһи иһитиннэрдилэр: “Японецтарга оккупациялаан олорор Кытай сириттэн сэриигитин таһаарыҥ, таһаарбат буоллааххытына сэриини бу сарсыарда биллэрэбит диэни Япония ылыммата,онон сэриилээн киирэбит“, - диэн буолла. Өстөөх манан кэлиэхтэрэ суоҕа диэн кэтэспэтэх, кэтэх өттүлэринэн эргийэн киирэн эрэбит диэтилэр. Аргунь диэн күүстээх, түргэн сүүрүктээх өрүһү эрэһиинэ тыынан туораттылар, 20-чэлии киһиэхэ анаан, Ким урут тахсыбыт уҥуор тахсан туруҥ диэн буолла. Дьонум табахтыы хааллылар, мин Асеев диэн акаары уолу: ”Эн биһи хаама туруох”, - диэн бардыбыт. Өрүспүт тас салаата синньиир сиригэр тиийэн киһибин: ”Манан быһа туораабыт киһи”, - диэтим. Киһим: ”Попытаемся”, - диэн баран өс киирбэх сүгэһэрдиин тустэ да харбаан иһэн тимирэн хаалла. Старшина Кокорин кэлбитигэ: ”Асеев утонул” , -диэтим. ”Акаары киһини эн тылгар киллэрэн түһэрдиҥ, эппиэттиэҥ”, - диэн кыыһырда. Уҥуор көрө испитим, киһим төбөтө тахсан кэллэ, старшина киирэн, соһон уҥуор таһаарда. Асеев уу бөҕөнү испит, ууну аннынан аттаан уҥуор барбытым диир. Дьэ, уһун тыыннаах киһи эбит. Түһэрбит буруйбар бинтиэпкэтин миэхэ сүктэрдилэр.
Олох уута, ото-маһа суох кураайы истиэп устун үс түүннээх күн кыра-кыратык сынньана-сынньана бар да бар.олох салгына суох,күн уота үөһэнэн тыгар, дьоннор утатан айахтарыттан үрүҥ күүгэн тахсан охтон түһэллэр. Санитардар, скорайдар ылан бараллар. Арай биирдэ курууска быһа быстыыта уу үллэрдилэр. Үс сууккаҕа аһыыр кэлиэ дуо, уу эрэ иһиэх санаалааххын. Уу! Уу! Уу! Хайаларга тиийэ, кыра үрэх баарыгар чээйдээн, аһаан, уу иһэн дьэ тыын ыллыбыт. Суол ханаабытыгар японнар өлүктэрэ балбааҕы тохпут курдук сыталлар. Онно-манна тааҥкабыт умайа турар, биһиэннэрэ артиллериянан куораты, өстөөх бөҕөргөнүүтүн ытан лигийии бөҕө. Катюша кэлэн ытыалаат, бүтүннүү уотунан уһуураат, начаас баран хаалла. Куукунабыт кэллэ, галет, хаппыт эт, зубной паста курдук тюбиктаах, кыһыл арыгыны биир куруускаҕа түҥэттилэр. Чэйгэ ону суурайан испиппит, үтүө ас эбит. Дьэ киһилии аһаан абыранныбыт. Бу түүн сэриигэ киллэрэллэрэ буолуо диэн кэпсэтэбит. Биһиги таспытыгар турбут 44-с полкаттан 40-чэ эрэ киһи орпут, Хайаларга өстөөх алта этээстээх тимир бөҕөргөтүүнү оҥостубут. Ол иһигэр сытан, чуолҕаннарынан ытыалаан олох чугаһаппаттар. Атаакалаан ыла сатыыллар, саҥаттан саҥа полканы киллэрэн иһэллэр диэн, ынырык сураҕы иһиттибит. Түүнү быһа “Ураа!” хаһыытыыллара, пулемет, автомат тыаһа тохтуу-тохтуу иһиллэрэ, аанньа утуйбатахпыт. Сарсыарда салгыы иннибит диэки барарга бирикээс кэллэ. Саҥа баран истэхпитинэ, японнар тоһуйа сытан, икки пулеметунан ытан куһуйдулар. Суол ханаабатыгар түстүбүт, инники иһээччилэр, полка знамята эҥин, олору, быһыыта ордук хоппуттара. Сотору биһиэннэрэ эргийэн тиийэн хаптаппыттара. Биһиги аҕыйахтык ытыаласпыппыт, скорайдар төттөрү-таары сүүрбүттэрэ, оччо сүтүктэннибит диэн хаһан да кэпсээбэт этилэр. Түүн аайы хонорбутугар тула өттүбүтүгэр харабыл туруораллара. Биир саллаат утуйан хаалбытын сонно ытан кэбиспиттэрэ. Байыаннай сокуон хабыр этэ.
Өр айаннаан Хинган хайатыгар тиийбиппит, хайа тэллэҕэр бөөлүүн сэрии бөҕө буолбут. Японнар өлүктэрэ олох сибиэһэй сыталлара. Советскайдартан 170 киһини биир ииҥҥэ көмпүттэрэ, буора томтойо сытара. Үрдүгэр быыкаа кыһыл таҥас ыйаабыттар этэ. Хайа тэллэҕэр өлүк бөҕө, сыта-сымара, үөн кыймаҥнас, сорох сиргэ үктэнэр сирин суох буоллаҕына үрдүнэн үктээн ааһаҕын. Онно көрдөххө күөх таҥастаах кытайдар өлүктэрэ суолу быһа баара. Сэриигэ эйэлээх нэһилиэнньэ өлүүтэ элбэҕэ. Хайаны саҥа дабайан эрдэхпитинэ, тоһуйа сытан эмиэ ытыалаатылар. Биһиги элбэхпит бэрт, эргийэ көтөн 20 япону билиэн ыллылар. Эдэр баҕайы уолаттар. Миигин кытта кэпсэтэ сатыыллар, мин ыксаатым, аны үспүйүөн сылдьар эбит диэхтэрэ диэн. Нууччалар кэпсэтэргэ күһэйдилэр. Билбэппин диэн баспын быһа илгистибиппэр: “Аа, манго, манго”, - дииллэр. Монголга майгыннаталлар быһыылаах.
Биһиэннэрэ 4 сыл сэриигэ үөрэммиттэрэ көстөр. Араас күүстээх сэптээх буолан, немецтэр биһиэхэ түспүттэрин курдук өмүтүннэрэн биир түүн иһигэр үлтү буомбалаан, десант бөҕөнү түһэрэн, Кыайыыны биир ый иһигэр ситиспиттэрэ.
Биирдэ 6 сууккаҕа ыскылаат харабыллаттылар. Күнүс кытайдар баһаардарыгар сылдьан сээкэйи атыылаһабыт, хаартыскаҕа түһэбит. Сэрии кэнниттэн ас-үөл дэлэй, куруук маннык сылдьыбыт киһи диэх курдук. Кытайдар биһигини капитан манго диэн эҕэрдэлииллэр, санныбыттан таптайаллар. Рядовой саллаат капитан аатыран хааллым. Илиибитинэн-атахпытынан кэпсэтэн кэнникинэн син аҕыйах тылы билэр буоллум. Икки ый олорон баран, биһиги рота 150 киһи 4-түү аты көлөлөнөн, өр айаннаан кэлбиппит. Октябрь бырааһынньыгын саҕана мин иһим ыалдьар, хараҕым куһаҕан диэн хамыыһыйаҕа көрдөрбүппэр строевой сулууспаҕа сөбө суох эбиккин диэн Владивостокка стройбакка ыыппыттара. Саҥа чааһым 646-с отдельнай сапернай батальон эбит, миинэни эҥин иитэргэ үөрэтэллэрэ, үлэлэтэллэрэ элбэҕэ.
Шахтаҕа үлэлээн иһэн, иһим ыалдьан уурайан хаалбытым. Тыаҕа мас кэттэрэ ыыппыттарын эмиэ сотору-сотору санчааска киирэн, кэнникиннэн итэҕэл быһынна. Якут-симулянт, сымыйанан ыалдьар диэн буолла. Биирдэ бырааһым сарсын тахсыаҥ диэтэ. Оо, дьэ сорум эбит, диэн испин имэринэ сытан, искэн баарын булан бырааспар көрдөрдүм. Киһим дьэ кырдьыктанан, госпитальга иттэ. Эпэрээссийэлээн оһоҕоһум быччархайа испит диэн куобах бүөрүн курдуктары көрдөрдүлэр. Эпэрээссийэм көтүллэн, иккиһин оһорон өлөрө сыстылар.
Барыта 4 ый сыппытым кэннэ, анализтаан баран тарҕаммыт оһоҕос сөтөлө диэн 2 группалаах инбэлиит оҥордулар. Байыаннай учуоттан олох уһуллулар. Чааспар тиийэн бэргээн, олох кыаллыбат буолан бардым. Бырааһым: Эн климатын сөбүлээбэккэ ыалдьаҕын, дойдугар бар, - диир. Албынныыр, син биир өлөр буоллум барбаппын диэтим.
Военкоматтар байыаннай билиэппин, выпискабын илдьэ хаалбыттара. Бэйэбин “Красная Якутия” санаторийга илдьибиттэрэ. Үс ый сытан эмтэнэн, үчүгэй буолтум кэннэ ыһыах кэнниттэн дьонум ыҥыыр атынан киирэн ылан тахсыбыттара.
Сэриигэ киһи табыллан өлөр, эбэтэр араанньыланан инбэлиит буолара, ыар усулуобуйаны тулуйбакка араас ыарыыга тэптэрии элбэх эбит дии санаатым. Аны хаһан да сэрии буолбатыгар, хаан тохтубатыгар баҕарабын.