Василий
Николаевич
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ
История солдата
Филиппов Василий Николаевич родился 14 января 1924 г. в с.Чемоики Мегино-Кангаласского района Якутской АССР.
1942-1943 гг. – бригадир колхоза «Ворошилов» Мегино-Кангаласского района с.Чемоики.
1943-1944 гг. – бюджетный бухгалтер Райфинотдела Мегино-Кангаласского района.
1944-1950 гг. – участник войны против японского милитаризма, служба в армии.
1950-1954 гг. – учеба в Якутском пединституте.
1954-1955 гг. – заведующий Амгинским интернатом.
1955-1959 гг. – заведующий Чемоикинской начальной школой.
1959-1960 гг. – освобожденный секретарь партийного бюро колхоза имени И.В.Сталина с.Абага.
1961-1970 гг. – учитель физического воспитания Абагинской восьмилетней школы.
1970-1973 гг. – председатель ДСО «Урожай» Амгинского района.
1973-1977 гг. – учитель физического воспитания Амгинской восьмилетней школы №2.
Имею пятерых детей.
Благодарность от Генералиссимуса И.В.Сталина. 1945 г.
Почетная Грамота Президиума Верховного Совета ЯАССР. 1964 г.
Похвальный лист командира полка Овсянко. 1950 г.
Почетная Грамота Председателя Комитета по ФКиС при Совете Министров ЯАССР. 1977 г.
Почетная Грамота Председателя Комитета по ФКиС при Совете Министров ЯАССР. 1979 г.
Грамота Якутского Республиканского Совета «Искра» (председ.Рябцев). 1953 г.
Грамота Якутского республиканского Совета ДСО «Урожай». 1960 г.
Грамота Совета Союза спортивных обществ и организаций. 1964 г.
Грамота Совета Союза спортивных обществ и организаций. 1966 г.
Грамота Президиума Якутского Областного Совета ДСО «Урожай». 1970 г.
Почетная Грамота Якутского Областного Совета ДСО «Урожай». 1979 г.
Диплом Якутского Областного Комитета ВЛКСМ. 1967 г.
Почетная Грамота Райкома Профсоюзов Мегино-Кангаласского района. 1371 г.
1 место на первенстве полка по лыжным гонкам на 10 км. 1946 г.
1 место на первенстве полка по бегу на 400 м. 1946 г.
3 место на первенстве дивизии по лыжным гонкам на 18 км. 1946 г.
3 место на военизированном соревновании по биатлону Иркутской области. 1946 г.
1 место ………….Якутского государственного педагогического института. 1952 г.
1 место по лыжным гонкам среди студентов Якутского педагогического института. 1953 г.
3 место по лыжным гонкам среди студентов Якутского педагогического института. 1953 г.
1 место по спортивному ориентированию Республиканского института усовершенствования учителей. 1968 г.
2 место на призы В.Манчаары по хапсагаю. 1969 г.
2 место на призы В.Манчаары по прыжкам куобах. 1973 г.
3 место на призы В.Манчаары по прыжкам кылыы. 1973 г.
3 место на призы В.Манчаары по прыжкам ыстана. 1973 г.
3 призер города Норильска по футболу. 1949 г.
2 место на республиканском соревновании по лыжным гонкам на 10 км. 1942 г.
Боевой путь
В 1944г. призван в ряды РКА.
1944 г. июнь - август. 91-й запасной стрелковый полк, стрелок.
1944г. август - 1945г. сентябрь. 980-й стрелковый полк, подносчик патронов.
1945г. сентябрь - 1948г. март. 7573 военная часть.
1948г. март - 1949г. май. 7572 военная часть, стрелок.
1949г. май - 1950г. сентябрь. 7580 военная часть, старший писарь.
Участвовал в боях против японских империалистов с 09 августа по 03 сентября в составе 980-го стрелкового полка.
Демобилизован 03 октября 1950 г.
Награды:
Почетная грамота Верховного Совета ЯАССР, Орден Отечественной войны 2 степени, медали "За отвагу", "За боевые заслуги", "За победу над Японией", "За победу над Германией", юбилейные медали. Мастер спорта ЯАССР, четырехкратный призер "Игр Манчаары".
Умер 11 апреля 1994г. в с.Амга.
Воспоминания
Автобиография. Амга, 1986 год.
Мин, Филиппов Василий Николаевич, 1924 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар Чыамайыкы нэһилиэгэр төрөөбүтүм. А5ам Филиппов Николай Михайлович, ийэм Филиппова Анна Петровна дьадаҥы бааһынайдар этилэр. Кэлин колхозка киирэн үлэттэн дьоллорун булбуттара. Аҕам стахановец колхозтаах буолбута. Ийэм колхоз араас үлэтигэр үлэлээбитэ. Мин Чыамайыкы оскуолатын 7 кылааһын бүтэрэн баран 1943-44 сыллардаахха Райфинотделга бюджетнай бухгалтерынан үлэлээбитим. 1944-1950 сылларга Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ сылдьыбытым. 1950-1954 сылларга үөрэхпин салҕаан Дьокуускайдааҕы педагогическай институт историческай отделениетыгар үөрэммитим. 1954-55 сылларга Амма орто оскуолатын интернатыгар сэбиэдиссэйдээбитим. 1955-1959 сылларга Чыамайыкы начальнай оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. 1959-1960 сылларга Абаҕаҕа Сталин аатынан колхоз партийнай бюротун босхоломмут сэкэрэтээринэн үлэлээбитим.
1961-1970 сылларга Абаҕа аҕыс кылаастаах оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлээбитим. Бу оскуолаҕа ордук таһаарыылаахтык үлэлээбитим. Үөрэппит оҕолорум спортка элбэх үрдүк ситиһиилэри көрдөрбүттэрэ. 1970 сыллаахха Аммаҕа ДСО «Урожай» общество председателинэн анаабыттара. 1973-1977 сыллардаахха Амматааҕы Райсоветка араас үлэҕэ үлэлээбитим. 1977-1979 сылларга Амма аҕыс кылаастаах оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлээбитим. 1979 сыллаахха сааспынан пенсияҕа тахсыбытым. Ол кэнниттэн тохтобула суох араас үлэҕэ үлэлээбитим. 1963 сыллаахха Абаҕа аҕыс кылаастаах оскуолатыгар, 1979 сыллаахха Амма аҕыс кылаастаах оскуолатыгар партийнай тэрилтэлэрин секретарынан талыллан үлэлээбитим. 1960 сыллаахха ССКП Саха сиринээҕи обкомун от ыйынааҕы уонна сэтинньи ыйдааҕы пленумнарын кыттыылааҕынабын.
Аҕа дойду сэриитин 2 степеннэх орденнаахпын, «Хорсунун иһин» бойобуой мэтээллээхпин уонна 10 правительственнай мэтээллэрдээхпин. 1945 сыллаахха Генералиссимус И.В.Сталинтан Махтал суруктаахпын. 1964 сыллаахха Саха сиригэр спорт сайдыытыгар үтүөлэрим иһин Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай Грамотатынан бэлиэтэммитим. 1979 сыллаахха РСФСР «Урожай» обществотын Бочуоттаах чилиэнин аатын иҥэрбиттэрэ. 1984 сыллаахха Комсомол Киин кэмитиэтэ «Активный организатор детского спорта» знагынан наҕарадалаабыта. 1980 сыллаахха Саха комсомолун обкома миигин Москаҕа буолбут сайыҥҥы XXII Олимпийскай оонньууга путевка бэлэхтээн кытыннарбыта.
Саха АССР спордун маастарын үрдүк аатын 1969 сыллаахха иҥэрбиттэрэ.
Үлэлээбит кэмим усталаах-туоратыгар миигин партия Саха сиринээҕи обкома, Верховнай Совет Президиума, Министрдар Советтара, Саха сиринээҕи профсоюз обкома, комсомол обкома, Саха АССР Министрдарын Советын иһинээҕи физическай культура уонна спорт комитета уонна уобаластааҕы «Урожай» ДСО Совета приветственнай суруктарынан, Бочуотунай грамоталарынан, дипломнарынан наҕараадалаабыттара.
Оскуолаҕа үлэлээбит сылларбар мин үөрэппит оҕолорум ситиһиилэрэ манныктар:
1. Советскай Союз спордун маастара – 1 киһи;
2. Советскай Союз спордун маастарыгар кандидат – 5 киһи;
3. Саха АССР спордун маастара – 2 киһи;
4. Бастакы разрядтаах – 13 киһи;
5. Иккис разрядтаах – 8 киһи;
6. Үһүс разрядтаах – 19 киһи.
Барыта 48 киһи ситиһиилэрэ. Олор истэригэр Лазарев Николай Иннокентьевич, ССРС спордун маастара, Ленинград куорат чемпиона. Захаров Алексей Алексеевич, көҥүл тустууга ССРС спордун маастарыгар кандидат, Улан-Удэ куорат чемпиона. Старостин Клим Дмитриевич, хапсаҕайга Саха АССР спордун маастара. Захаров Владимир Ильич, чэпчэки атлетикаҕа Хабаровскай куорат сборнай хамаандатын чилиэнэ. Скрябин Михаил Степанович, ССРС спордун маастарыгар кандидат, Саха АССР үтүөлээх тренера. Тарасов Николай Константинович, чэпчэки атлетикаҕа 1 разрядтаах.
1958 сылтан ССКП чилиэнэбин. 46 сыл үлэ ыстаастаахпын. Ол тухары ханнык да партийнай, комсомольскай, административнай миэрэни ылбатаҕым.
Кэргэним Егорова Евдокия Сергеевна социальнай харалта ветерана, билигин пенсияҕа олорор. Биэс оҕолоохпут. Улахан уол Василий, Вера Дьокуускайдааҕы медучилищены бүтэрэн аптекаҕа фармацевтыыр, Рая Новосибирскайдааҕы государственнай педагогическай институт 3 курсун студентката, Сергей суоппар, Марианна Дькуускайдааҕы культпросвет училищены бүтэрэн Соморсуҥҥа кулууб директорынан үлэлиир.
Филиппов В.Н.
Амма с. 1986 с.