Семен
Федорович
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ
История солдата
Борисов Семен Федорович Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Дьабыыл нэһилиэгэр Көйүү үрэҕэр 1912 сыллаахха балаҕан ыйыгар (Сэмэнэп таҥара саҕана) Федор Семенович уонна Марина Афанасьевна Борисовтар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон төрөөбүт. Кини кэнниттэн Дьэбдьиэй, Дьөгүөр, Тарас, Наташа, Пелагея, Сүөдэр, Антон төрөөбүттэр.1942 сыл бэс ыйыгар повестка тутан Нэммэрэ сайылыгыттан уоттаах сэриигэ барбыта. Сталинградскай фроҥҥа тиийэн 883 стрелковай полк 2-с пантоннай батареятыгар сэриилэспитэ. Өстөөх быыстала суох буомбатын аннынан биһиги байыаннай чаастарбыт Волга өрүһү туоруур муосталарын тутуһара. 1942 сыл балаҕан ыйын 28 күнүгэр хаҥас илиитин 2 тарбаҕын буулдьаҕа таптаран госпиталга киирбитэ. Ол сытан госпиталга убайын Антон Ильич Борисовы көрсүбүт, үөрүү бөҕө буолбуттар. Эмтэнэн баран иккиһин фроҥҥа барбыт. 1943 сыл алтынньы ыйга Волга өрүһү туорааһыҥҥа хаҥас атаҕын бомба оскуолката үнтү тэбэн иккиһин госпиталга киирбит. Онно эмтэнэн баран дойдутугар иккис группалаах инвалид буолан эргиллибит.
Семен Федорович Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии уонна үлэ ветерана, 7 медаллаах.
1984 сыл кулун тутар 4 күнүгэр ыарахан ыарыыттан ыалдьан Төҥүлүгэ өлбүтэ.
Семен Федорович икки кыыстаах, биир уоллаах, үс сиэннээх, үс хос сиэннээх.