Ефим
Кузьмич
ПОДЕЛИТЬСЯ СТРАНИЦЕЙ
История солдата
А5абынан хос эһэм Васильев Ефим Кузьмич 1906 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр Арҕаа Хаҥалас улууһун Хахсыт нэһилиэгэр бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1939 сыллаахха техникумҥа үлэлии сылдьан НИИНЛИ тыл уонна сурук секторын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит.Ол саҕана тыл реформата ыытыллан элбэх уларыйыы буола турар кэмэ эбит. 1941 сыллаахха Аҕа дойду улуу сэриитэ саҕаламмытыгар от ыйын 30 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыта. Ол туһунан финансовай-экономическай техникум оччотооҕу директора Кистанов илии баттааһыннаах 144 нүөмэрдээх бирикээс баар. Байыаннай билиэккэ көстөрүнэн, 1941 сыл балаҕан ыйыттан 1942 сыл тохсунньутугар дылы 70 нүөмэрдээх геодезическай этэрээккэ стрелогунан сылдьыбыт, 1942 сыл муус устар ыйыгар дылы 317 нүөмэрдээх Кавалерийскай полкаҕа, онтон 1943 сыл муус устар ыйыгар дылы Борзинскай бөҕөргөтүллүбүт оройуон 250 нүөмэрдээх отдельнай пулеметнай батальоҥҥа пулеметчигынан уонна суруксутунан сылдьыбыт. 1943 сыллаахха муус устар ый 28 күнүгэр ыалдьан демобилизацияламмыта. Төннөн кэлэн финансовай техникумҥа учууталынан үлэтин салҕаабыта. 1947 сыл ыам ыйын 5 күнүттэн Саха АССР Үөрэҕин министрин Семен Сюльскай №7-185 нүөмэрдээх бирикээһинэн Коммунаров К.А. оннугар оскуола инспекторынан анаммыта. Үөрэх министерствотыгар 1952 сыл от ыйыгар дылы үлэлээбитэ. Үлэтин сүрун хайысхата республика оскуолаларын кэрийэ сылдьан учебниктар хайдах туттуллалларын, төһө сөптөөхтөрүн хонтуруоллуура, үөрэнээччилэр уонна учууталлар санааларын билсэрэ. Ону сэргэ элбэх учебнигы рецензиялаан, сахалыы тылбаастаан, итэҕэстэрин көннөрөн бэчээккэ тахсалларын ситиһэрэ. Оччотооҕу Үөрэх министрэ С.С.Сюльскай дьаһылынан учебниктары тупсарыыга уонна саҥардыыга киэҥ далааһыннаах үлэни ыытара. Миниистир бирикээһинэн 1952 сыллаахха 7 кылааска үөрэтиллэр төрөөбүт саҥа хрестоманиятын хомуйан оҥорбута, ону ол сыл бэчээккэ таһаарбыттара. Бу учебнигынан саха оскуолалара балайда өр кэмҥэ үөрэммиттэрэ.
1946 сыллаахха биһиги ийэбитин Нам оройуонун Куһаҕан Ыал нэһилиэгиттэн төрүттээх Эвэрстова Анна Егоровнаны кэргэн ылбыта. Анна Егоровна Дьокуускайдааҕы учительскай институтка үөрэнэр этэ, институт кэнниттэн Хатырык сэттэ кылаастаах оскуолатыгар саха тылын, литературатын учууталынан, Дьокуускайга кинигэ издательствотыгар үлэлэээбитэ. 1952 сыллаахха ийэбит дойдутугар Намҥа көһөн тахсыбыттара уонна Ленскэй начальнай оскуолатыгар үлэҕэ анаммыттара. Ефим Кузьмич сэбиэдиссэйинэн, Анна Егоровна учууталынан үлэлэрин салҕаабыттара. Ефим Кузьмич 1956 сыллаахха дылы бу оскуолаҕа сэбиэдиссэйдээбитэ, онтон 1966 сылга дылы учуууталлаабыта. 1967 сыллаахха Хатыҥ-Арыы детсадын сэбиэдиссэйинэн ананан 1973 сыллаахха дылы үлэлээбитэ. Оскуолаҕа уонна детсадка үлэлээбит сылларыгар мэлдьи оҕо, дьон туһа диэн сылдьыбыта. Ол туоһутунан үөрэппит оҕолорун, билэр дьонун ахтыылара буолаллар.
Ефим Кузьмич Анна Егоровналыын аҕыс оҕону атахтарыгар туруорбуттара. Аҕабыт бастатан туран, төрөппүт оҕолоро үлэһит, сэмэй, киһилии майгылаах дьон буолалларыгар күүһүн-уоҕун уурара, үөрэххэ-билиигэ тардыһалларыгар үөрэтэрэ. 1973 сыллаахха улаханнык ыалдьыбыта, икки аҥаар сыл устата суорҕаннаах-тэллэххэ сыппыта 1976 сыллаахха күһүн өлбүтэ.
Ефим Кузьмич бу сиргэ 70 сыл олорон, иккитэ кэргэн ылан, барыта уон оҕону төрөтөн, көрөн-истэн улаатыннаран киһи гыммыта. Бэйэтин кэмигэр саҥа олоҕу тутуспут, үөрэҕэрии эйгэтигэр үлэлээн-хамнаан эдэр ыччаты иитиигэ уонна үөрэхтээһиҥҥэ сэмэй кылаатын киллэрбит, саха интеллигенциятын биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ буолар.
Аммосова Алина, 6 кылаас