Парников Николай Алексеевич
Парников
Николай
Алексеевич

История солдата

Аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт Аҕа дойду сэриитэ  мин дьиэ кэргэммин тумнубатаҕа.  Уус- Алдан Суоттутугар колхозка бэтэринээрдии сылдьар хос эһэбин, 3 оҕо амарах азатын 1942 сыллаахха балазан ыйын 25 кунугэр сэриигэ ыныраллар.

Буойун хос эһэм, Парников Николай Алексеевич - Туутай Ньукулай 1906 сыллаахха кун сирин көрбут. Эрдэ тулаайах хаалан абаҕаларын, убайдарын көмөлөрүнэн  киһи буолбут. Бэрт ууһун нэһилиэгиттэн эбэбин Варвара Николаевнаны кэргэн ылан, 3 оҕону төрөтөн  ньир -бааччы ыал буолан олордохторуна сэрии буолбут.

Оҕолорун батыһыннаран эбэм биэрэккэ киирбит. Ытаһа-ытаһа быраһаайдаспыттар. Дьонун барыларын кууһа-кууһа:” Үлэһит, үөрэхтээх дьон буолаарыҥ”,- диэн хос эһэм кэриэһин эппит.Суотту биэрэгэ, Өлүөнэ эбэбит киэҥ киэлитэ, борохуот аал, кэмэ суох элбэх дьон ытаһыыта, аймалҕана-бу барыта чороччу улаатан эрэр оҕолор харахтарыгар, өйдөрүгэр-санааларыгар дириҥник иҥмитэ.

Саха буойуна, Николай Парников Иркутскайга тиийэр. Онно хайыһар үөрэҕэр такайыллан, үөрэхтээх диэн хайыһар биригээдэтигэр командира онороллор. Эһэм кыра соҕус уҥуохтаах, түргэн-тарҕан туттуулаах, киирбит-тахсыбыт сытыы-хотуу киһи эбит.Дьонугар быыстала суох суруйар эбит. Ол гынан баран дьонуттан биир да суругу туппатах. Суруктарыгар оҕолорун, кэргэнин биир-биир ааттаан, кырачаан уолун өрүү Алексей Николаевич диэн улахан киһини ааттыыр курдук суруйар.  Хас да суругу борохуотунан айаннаан иһэн ыыппыт. Биир суругар: “Дойдуттан араҕар уонна таптыыр кэргэттэртэн арахсартан ордук күн сиригэр күчүмэҕэй уонна кытаанах дьыала суох эбит.  Балбаара, кытаат, оҕолоргун үчүгэйдик иит, баҕар мин ааппын кинилэр ааттатар дьон буолуохтара”, -диэн суруйар. Оччолорго мин эһэм оскуолаҕа киирэ илик эбит, маҕаһыынтан харандаас ылларан : “Аҕабар сурук суруйабын”,- диэн тугу эрэ бооччойоохтуур.

Сэрии сылларын иэдээнэ ытарчалыы ылан испит. Аччык аас-туор олохтон, аҕаларын ахтан төрдүөн куустуһан олорон ытаһаахтыыллар. Аҕаларын суругун аазан көрсүбүт курдук үөрээхтииллэр. Ол сырыттахтарына 1943 сыллаахха “сураҕа суох сүттэ” диэн ыар биллэрии кэлэн сүрэхтэрин хайытар. Хос эһэм бутэһик суругун тохсунньу 27 күнүгэр 1943 сыллаахха суруйбут. Онно: «сэриигэ киирээри олоробут. Дьоллоох уол озо буоллахпына төннүөм. Быраһаайдарыҥ, быраһаайдарыҥ”,- диэхтээбит. Бу суругу хантан суруйбута биллибэт. Бу иннинээзи суруктар Мальта станцияттан суруллубуттар. Арааһа, Илмень күөл киирсиитигэр охтубут буолуон сөп.

Сэрии бүтэн буойуттар дойдуларыгар төннүтэлээбиттэрэ. Эһэм барахсан эдьиийдэринээн борохуот кэллэ да биэрэккэ сүүрэн киирэн аҕаларын күүтэллэрэ. Сааһыран олорон ол туһунан долгуйа кэпсиирэ эһэм, Парников Алексей Николаевич, 2 уордьан кавалера, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. Буойун аҕалара,эһээлэрэ, хос эһээбит кэриэһэ туолбута. Парниковтар, Сабарайдар олозу салҕыыбыт, үөрэҕи-үлэни үрдүктүк тутабыт. Күндү киьибит, хос эһэбит суруктарын харыстаан уурабыт, сырдык аатын үйэтитэргэ дьулуһабыт.

  

Парников Алеша, Хамазатта саха -француз лицейын 6 кылааьын үөрэнээччитэ

 Муус устар, 2015 сыл

Регион Республика Саха (Якутия)
Населенный пункт: Якутск

Автор страницы солдата

Страницу солдата ведёт:
История солдата внесена в регионы: